03:26 14-19 Неделя физкультуры. | |
Олунньу 14-19 күнүгэр диэри Физкультура нэдиэлэтэ, үөрэнээччилэргэ нэдиэлэ устата уруок иннигэр зарядка ыытыллыахтара алын кылаастарга зарядканы ыытта Василий Данилович, улахан кылаастарга Арчын Геннадиевич физкультура учууталлара. Алын кылаастарга "Көрдөөх эстафета" буолан ааста. Физкультура нэдиэлэтин чэрчитинэн уолаттарга мас-тардыһыы күрэҕин кыайыылаахтара: 5-7 кылаастарга уопсайа 8 оҕо кытынна: 1м -Семенов Рустам, 2м -Тимофеев Юлиан, 3м -Иванов Ваня. 8-11 кылаастарга уопсайа 8 оҕо кытынна. 1м -Тимофеев Вася, 2м -Борисов Ариан, 3м -Семенов Денис. Оскуола коллективын үлэһиттэригэр теннис күрэҕэ буолла ол курдук: Кэрэ анардарга 1м -Степанова Айталина Дмитриевна, 2м -Петрова Анна Никифоровна, 3м -Семенова Туяра Афанасьевна, 4м -Андреева Хотуна Моисеевна, 5м -Хабытова Наталья Михайловна. Эр хоһууттарга 1м -Семенов Денис IX, 2м -Тимофеев Вася IX кыл, 3м -Васильев Кеша XI кыл, 4м -Борисов Гриша IX кыл, 5м -Сергеев Дмитрий Иванович, 6м -Степанов Владислав Захарович. Орто-улахан кылаас уолаттарыгар "Сильнее.Выше.Быстрее" спортивнай күрэх буолан ааста "Хотойдор" хамаандалара 1 миэстэни ылла, 2 бочуоттаах миэстэни "Суоруннар" хамаандалара. Уруһуй күрэҕэ "Мы со спортом дружим, Спорт нам очень нужен". Физкультура нэдиэлэтэ түмүктэннэ. Күрэх кыттыылаахтарыгар уонна үөрэнээччилэргэ ситиһиилэри. | |
|
Всего комментариев: 0 | |